Күн дьыл билгэтэ
Бит – билгэ – киһи айылҕа оҕото буоларын биир туоһута. Кини ис туруга тас тулалыыр эйгэни кытары быстыбат ситимин көрдөрөр. Инникини эрдэттэн билэргэ киэҥник тэнийбит ньымаларын бит, билгэ буолара.
Күн дьыл билгэтэ – Өбүгэлэрбит күнү дьылы билгэлээн, халлаан туругун, от – мас үүнүүтүн, кыыл – көтөр сырыытын эндэппэккэ сылыктаан, үлэлэрин хамнастарын лоп бааччы аттаран, олохторун – дьаһахтарын эрдэттэн тэринэллэрэ.
Саас – кулун тутар 14 күнүттэн – ыам ыйын 21 күнүгэр диэри.
Саас – күн уһуура
- Муус устарга халлааҥҥа күөх чаан түстэҕинэ, сааскы, сайыҥҥы кэм үчүгэй буолар.
- Саас ньургуһун бөлөхтөһөн көхтөөхтүк тахсара – быйаҥ сайыҥҥа, от, сир аһа үчүгэйдик үүнэригэр.
- Саас ыам ыйа хаардаах буоллаҕына, сайын өһүөн.
- Ыам, бэс ыйдарыгар тыаллаах, сөрүүн, сииктээх уонна улаханнык ардаабатаҕына, сайын быстах ардахтаах, күһүн быйаҥ буолар.
- Ньукуолун кэнниттэн тымныы, тыаллаах хаар – самыыр түстэҕинэ, сайын өһүөн, сөрүүн, сииктээх буолар, күһүн хаар эрдэ түһэр.
- Ыам, бэс ыйдара хайдаҕый да күһүн балаҕан ыйа эмиэ оннук буолара күүтүллэр.
- Ыам, бэс ыйыгар түһэр сылаас тыаллары кураан тыаллара дииллэр.