Судаарыстыбаннас күнэ
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Чүүйэ эбэтигэр Мэҥэ — Хаҥалас улууһун дьоно сэргэтэ мустан Судаарыстыбаннас күнүн бэрт дьоһуннук бэлиэтээтилэр. уопсайа үс тыһынчча холобура киһи кэлэн барда.
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Чүүйэ эбэтигэр Мэҥэ — Хаҥалас улууһун дьоно сэргэтэ мустан Судаарыстыбаннас күнүн бэрт дьоһуннук бэлиэтээтилэр. уопсайа үс тыһынчча холобура киһи кэлэн барда.
*Ытыктабыллаах Айсен Сергеевич!* Мэҥэ Хаҥалас улууһун үлэһит дьоно-сэргэтэ тапталлаах Сахабыт сирин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлээн туран, киэн туттар национальнай Дьоруойбут Баһылай Манчаары үбүлүөйдээх 225 сылын көрсө, *2029 сылга Манчаары аатынан спартакиаданы* төрөөбүт дойдутугар ыытарга этии киллэрбиппитин өйүүргүтүгэр көрдөһөбүт, *үрдүк таһымҥа тэрийэргэ бэлэммитин биллэрэбит*. _Ытыктабылы кытта, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов_ https://t.me/dmitriytikhon0v/2538 #мх2029
Көмүс күһүн бэлэҕэ балаҕан ыйын 25 күнүгэр буолан ааста. «Мин тиэргэним — мин киэргэлим» күрэх түмүгүнэн Тэрээһиммитин бэйэтин ылбаҕай ырыатынан киэргэттэ Маргарита Михайловна Осипова. Нэһилиэкпит дьонун Көмүс күһүҥҥэ үктэммипитинэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит! Кыттааччыларбытыгар ситиһиини, үөрүүн, доруобуйаны баҕарабыт. Барҕа махталбытын тиэрдэбит.
«Мин тиэргэним — мин киэргэлим» тиэргэн күрэҕин кыттыылаахтара. «Көрөөччү биһирэбилин» анал аатын таларга ыҥырабыт. Ватсапп нөҥүө куоластааһын барыа. ону таһынан 1,2,3 миэстэлэр баар буолуохтара. 1 кыттааччы Петрова Любовь Иннокентьевна тиэргэнэ 2 кыттааччы Еремеева Дария Иннокентьевна тиэргэнэ 3 кыттааччы Нестеровтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 4 кыттааччы Ивановтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 5 кыттааччы Осиповтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 6 кыттааччы Аргуновтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 7 кыттааччы Дьячковскайдар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 8 кыттааччы Охлопковтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 9 кыттааччы Петровтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 10 кыттааччы…
В.В. Скрябин аатынан Чүүйэтээҕи орто оскуолатын үөрэнээччилэрин күһүнҥү ярмарката буолан ааста.
Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Хаҥалас улууһуттан 17 оскуола оҕото, 5 учуутал Светлана Давыдовна Ксенофонтова салайааччылаах этно — просветительская экспедиция — «Саха улуу эр дьоно» диэн проект чэрчитинэн делегация кэлэн Чоочо баай олорбут сирин, олоҕун туһунан билсэн бардылар.