Судаарыстыбаннас күнэ
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Чүүйэ эбэтигэр Мэҥэ — Хаҥалас улууһун дьоно сэргэтэ мустан Судаарыстыбаннас күнүн бэрт дьоһуннук бэлиэтээтилэр. уопсайа үс тыһынчча холобура киһи кэлэн барда.
Судаарыстыбыннас күнэ
*Ытыктабыллаах Айсен Сергеевич!* Мэҥэ Хаҥалас улууһун үлэһит дьоно-сэргэтэ тапталлаах Сахабыт сирин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлээн туран, киэн туттар национальнай Дьоруойбут Баһылай Манчаары үбүлүөйдээх 225 сылын көрсө, *2029 сылга Манчаары аатынан спартакиаданы* төрөөбүт дойдутугар ыытарга этии киллэрбиппитин өйүүргүтүгэр көрдөһөбүт, *үрдүк таһымҥа тэрийэргэ бэлэммитин биллэрэбит*. _Ытыктабылы кытта, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов_ https://t.me/dmitriytikhon0v/2538 #мх2029
Күһүҥҥү ярмарка
Көмүс күһүн бэлэҕэ балаҕан ыйын 25 күнүгэр буолан ааста. «Мин тиэргэним — мин киэргэлим» күрэх түмүгүнэн Тэрээһиммитин бэйэтин ылбаҕай ырыатынан киэргэттэ Маргарита Михайловна Осипова. Нэһилиэкпит дьонун Көмүс күһүҥҥэ үктэммипитинэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит! Кыттааччыларбытыгар ситиһиини, үөрүүн, доруобуйаны баҕарабыт. Барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Көмүс күһүн
«Мин тиэргэним — мин киэргэлим» тиэргэн күрэҕин кыттыылаахтара. «Көрөөччү биһирэбилин» анал аатын таларга ыҥырабыт. Ватсапп нөҥүө куоластааһын барыа. ону таһынан 1,2,3 миэстэлэр баар буолуохтара. 1 кыттааччы Петрова Любовь Иннокентьевна тиэргэнэ 2 кыттааччы Еремеева Дария Иннокентьевна тиэргэнэ 3 кыттааччы Нестеровтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 4 кыттааччы Ивановтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 5 кыттааччы Осиповтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 6 кыттааччы Аргуновтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 7 кыттааччы Дьячковскайдар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 8 кыттааччы Охлопковтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 9 кыттааччы Петровтар дьиэ кэргэннэрин тиэргэнэ 10 кыттааччы…
Көмүс күһүн
В.В. Скрябин аатынан Чүүйэтээҕи орто оскуолатын үөрэнээччилэрин күһүнҥү ярмарката буолан ааста.
Саха улуу эр дьоно
Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Хаҥалас улууһуттан 17 оскуола оҕото, 5 учуутал Светлана Давыдовна Ксенофонтова салайааччылаах этно — просветительская экспедиция — «Саха улуу эр дьоно» диэн проект чэрчитинэн делегация кэлэн Чоочо баай олорбут сирин, олоҕун туһунан билсэн бардылар.
Куулэй 2024
Бүгүн атырдьах ыйын 16 күнүгэр «Ходуһа хоһууттара — 2024 » Мэҥэ — Хаҥалас улууһун аһаҕас илиинэн охсуу күүлэйэ Чоочо баай алааһыгар ытык сирбитигэр Эбэбитигэр үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. 5 улуустан кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ходоро нэһилиэгэ элбэх ыалдьыты сарсыардаттан тото — хана аһатан улахан чааннарга үс көрүҥ миин, сана буспут алаадьы буһаран үлэ күөстүү оргуйда. Бары тэрилтэлэрбитигэр В.В.Скрябин аатынан орто оскуола, оскуола саад , «Чэчир» оҕо саадын коллективтарыгар , эдэр ыччатттарбытыгар , быырпах оҥорон бар дьону күндүлээбит Фекла Дмитриеваҕа, Варвара…
Ходоролор буурҕа-буулдьа дьылын өйдөбүнньүгүн сөргүттүлэр
Гражданскай сэрии кэмэ дойдубут устуоруйатыгар буурҕа-буулдьа дьылынан ааттанар. Анатолий Пепеляев баандата Саха сирин, Дьокуускай куораты сэриилээн ылаары Амманан кимэн киирбитэ, куораты кытта сибээһи быспыта. Ол иһин куораттан Феодосий Сыроватскай хамандыырдаах этэрээти Аммаҕа разведкаҕа ыыталлар. Куораттан 65 килэмиэтирдээх сиргэ, билигин Чүүйэ сиригэр, тоһуурга түбэһэллэр, улахан аҥаардара онно охтор, аҕыйах киһи бааһыран, нэһиилэ куотан, кыл тыыннара хаалан, куораты булаллар.Тоһуурга түбэспит сирдэригэр 1960 с. оройуон комсомолецтара өйдөбүнньүк бэлиэ туруорбуттар. Ходоро нэһилиэгин дьаһалтатын, култуура дьиэтин үлэһиттэрэ, олохтоох ыччаттар, бэтэрээннэр пааматынньык олоҕун саҥардан, күрүөтүн абырахтаан,…