Атырдьах ыйын 27 күнүгэр М.Т. Данилова-Хатыҥ Ай аатынан култуура киинигэр буолаары турар Судаарыстыбаннай Дуума быыбарынан улууспут баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов нэһилиэги кытта көрүстэ.








От ыйын 1 күнүгэр Ходоро нэһилиэгин дьоно, олохтоох дьаһалта ыҥырыытын ылынан сыбаалка ыраастааһына буолла. Нэһилиэкпит дьоно көхтөөх кыттыыны ылан күүс — көмө буолан көмөлөспүккүтүгэр махтанабыт, инникитин да бары биир киһи курдук нэһилиэк туһугар үлэлиэҕин.
Ходоро телестудия 13 биэриитин киирэн көрүҥ
Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Хаҥалас улууһуттан 17 оскуола оҕото, 5 учуутал Светлана Давыдовна Ксенофонтова салайааччылаах этно — просветительская экспедиция — «Саха улуу эр дьоно» диэн проект чэрчитинэн делегация кэлэн Чоочо баай олорбут сирин, олоҕун туһунан билсэн бардылар.
Ахсынньы 14 күнүгэр «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» диэн бүтүн Россия үрдүнэн ыытыллар аахсыйа чэрчитинэн нэһилиэкпит саҥа дьыллааҕы харыйатын уотун уматыыта буолан ааста. Эрдэ биллэриллибитинэн «Мин харыйаҕа бэлэҕим» диэн бэйэ илиитинэн оҥорбут саҥа дьыллааҕы оонньуурдарын оҕолор, нэһилиэк дьоно харыйабытыгар симээтилэр. Ол курдук «остуоруйа алыптаах дойдутугар» диэн представление туруоран оҕолор сүргэлэрэ көтөҕүллэн кыра кэһии ылан үөрэн —…