Куулэй 2024
Бүгүн атырдьах ыйын 16 күнүгэр «Ходуһа хоһууттара — 2024 » Мэҥэ — Хаҥалас улууһун аһаҕас илиинэн охсуу күүлэйэ Чоочо баай алааһыгар ытык сирбитигэр Эбэбитигэр үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. 5 улуустан кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ходоро нэһилиэгэ элбэх ыалдьыты сарсыардаттан тото — хана аһатан улахан чааннарга үс көрүҥ миин, сана буспут алаадьы буһаран үлэ күөстүү оргуйда. Бары тэрилтэлэрбитигэр В.В.Скрябин аатынан орто оскуола, оскуола саад , «Чэчир» оҕо саадын коллективтарыгар , эдэр ыччатттарбытыгар , быырпах оҥорон бар дьону күндүлээбит Фекла Дмитриеваҕа, Варвара…