Булчут күнэ
Муус устар 7 күнүгэр булчут күнэ буолла. Булчут күнүгэр анаан нэһилиэк түмсүүлэрэ, «Күбэйэ» дьахталлар сэбиэтэ Брызгалова А.И салайааччылаах, «Эр дьон түмсүүтэ» Атласов И.И салайааччылаах, «Булчут» эр дьон түмсүүтэ Кузьмин Е.Б салайааччылаах, «Дьулуур» ыччат түмсүүтэ Чиряев Д.Ч салайааччылаах спонсордаан бириистэри туруордулар.
Биирдиилээн күрэххэ анал бириистэри туруордулар Атласовтар дьиэ кэргэн хос эһээлэрин аатынан, Слободчиков Д.И анал бирииһэ уонна В.И. Яковлева кэргэнин аатынан анал бириис.
Булчут күнүгэр аналлаах күрэххэ түөлбэ эр дьоно түөрт хамаанда туруордулар.
1 миэстэ — «Саһарҕа» түөлбэ
2 миэстэ — «Чараҥ» түөлбэ
3 миэстэ — «Алгыс» түөлбэ
4 миэстэ — «Айылгы» түөлбэ.
Атласов Николай Иннокентьевич хос эһээтин Атласов Н.В. — Дьээбэ — Ньукууска аатынан бииргэ төрөөбүттэрин кытта кыттыһан бириис олохтоон салгын саатынан ытыы күрэҕин ыытта.
Улахан дьоҥҥо Еремеев Владислав кыайыылаах буолла, оҕолорго Брызгалов Юристан бастаата.