Мин сааһым — Мин баайым

Мин сааһым — Мин баайым

Бүгүн Алтынньы ый 11 күнүгэр «Мин сааһым — Мин баайым» диэн аҕам саастаах дьоннорбутугар аналлаах тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэкпит аҕа баһылыга Федоров Виктор Егорович эҕэрдэтэ. «Чэчир» оҕо уһуйаан салайааччыта Раиса Гаврильевна Атласова уонна түөлбэбит салайааччыларын эҕэрдэлэрэ. Үөрүүлээх чааспытыгар өҥнөөх бэчэриинкэ оҥорон бэрт сэргэх тэрээһин буолла. Нэһилиэкпит олохтооҕо Варвара Яковлева ЛОТОТРОН диэн беспроигрышнай лоторея оонньотто, супер приһы Александра Петровна ылла. Тэрээһиммитигэр араас ооньуулары оонньотон, үҥкүүлэтэн, үөрэн — көтөн, итии сылаас аһынан күндүлээн ытык — мааны дьоммутун махталларын ылыан ыллыбыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *