Кыайыы күнэ!

Кыайыы күнэ!

Ыам ыйын 9 күнүгэр кыайыы күнүгэр аналлаах митинг уонна киэһэтин чүмэчи ууруута буолан ааста. Митиҥҥэ нэһилиэкпит аҕа баһылыга бэйэтин эҕэрдэтин тиэртэ. Митиҥ кэнниттэн ытыктыыр кырдьаҕастарбытын чэйдэтэн,эҕэрдэ нүөмэри оҕолоро,сиэттэрэ көрдөрөн кырдьаҕастарбыт үөрэн — көтөн тарҕастылар.Биһиги нэһилиэктэн СВОҕа сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр,нэһилиэкпит аҕа баһылыга бэйэтин сэмэй бэлэхтэрин туттартаата. Киэһээ 9 чаастан кыайыы монуменыгар чүмэчи ууруута буолла уонна оһуохайынан түмүктээтибит.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *