Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, бөдөн бэлиитикэ деятеля, Мэҥэ – Хаҥалас улууһун бастакы аҕа баһылыга, Хаҥалас уонна Мэҥэ – Хаҥалас улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Санкт – Петербург куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, биир дойдулаахпыт В.В. Скрябин 80 сылыгар анаммыт тэрээһин буолан ааста.
Саха киһитэ урут даҕаны, билигин даҕаны төрөөбүт төрүт түөлбэтигэр, нэһилиэгэр үүнэн сириэдийэн тахсыбыт сиригэр – уотугар оҕо эрдэҕиттэн дириҥ ытыктабыллаах, истиҥ иэйиилээх сыһыаннаах буола улаатар. Оннук сыһыан үөскүүрүгэр киниэхэ тулалыыр эйгэтэ, ииппит – үөрэппит, сүбэ – ама, көмө – тирэх дьоно сэргэтэ улахан оруолу ылаллар. Төрөөбүт дойдугар ытык сыһыан биир сүрүн уратытынан дойдугунан, дойдуҥ дьонунан киэн туттуу буолар. Онно биһиги, мэҥэ хаҥаластар, болҕомто ууран, дойдубут чэчирии сайдарыгар тус кылааттарын киллэрбит дьоһун дьоммут сырдык аатын үйэтитэбит.
Ыҥырыылаах ыалдьыттартан истиҥ иһирэх тыллардаах эҕэрдэлэри, үтүө киһибит Василий Васильевич Скрябин туһунан ахтыылары иһиттибит.
Тэрээһиммитигэр кыттыыны ыллылар В.В. Скрябин бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоно:
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай наука кандидата, Мэҥэ – Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕор Матвей Васильевич Мучин
СӨ парламентаризмын кылаатын иһин түөскэ анньыллар знак хаһаайына, СӨ социальнай сулууспа туйгуна, Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ, Мэҥэ – Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ ытык сүбэтин бэрэсэдээтэлэ Люлия Николаевна Григорьева.
Комсомольскай, профсоюзнай, советскай, муниципальнай үлэ, РФ ЫБМ сулууспатын бэтэрээнэ, улуус бочуоттаах олохтооҕо, РФ журналистарын Сойууһун чилиэнин Егор Николаевич Матчитов.
Отставкаҕа олорор милиция подполковнига, СӨ культуратын туйгуна, Мэҥэ — Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Валентин Дмитриевич Макаров.