В.В. Скрябин 80 сылын бэлиэтиир тэрээһин мунньаҕа
Тохсунньу 17 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, бөдөн бэлиитикэ деятеля, Мэҥэ – Хаҥалас улууһун бастакы аҕа баһылыга, Хаҥалас уонна Мэҥэ – Хаҥалас улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Санкт – Петербург куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, биир дойдулаахпыт В.В. Скрябин төрөөбүтэ 80 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн улуус киинигэр Мэҥэ — Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччыта А.А. Григорьева салайыытынан сүбэ мунньах буолан ааста. Биһиги нэьилиэкпититтэн «Ходоро нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин аҕа баһылыга В.Е. Федоров. В.В. Скрябин аатынан Чүүйэтээҕи орто оскуола дириэктэрэ М.М. Илларионов. М.Т. Данилова — Хатыҥ Ай аатынан сынньалаҥ киин дириэктэрэ С.И. Атласова. Д.Ф. Ходулов аатынан народнай театр режиссера Д.Н. Осипов кыттыыны ыллылар.
Бу күн Дьокуускай куоракка Чүүйэ түмсүү Т.А. Семенова салайааччылаах биир дойдулаахтарбыт түмсүүтүн кытта көрсүһүү буолан ааста.