Сүбэ мунньаҕа
Бүгүн о.э тохсунньу 31 күнүгэр нэһилиэккэ Культура уонна спорт эстафетатын сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Кыттыыны ыллылар Нэһилиэк Аҕа баһылыга Виктор Егорович Федоров ону тэҥэ Эстафета хаамыытыгар сыһыарыллыбыт хамыыһыйа.
Бүгүн о.э тохсунньу 31 күнүгэр нэһилиэккэ Культура уонна спорт эстафетатын сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Кыттыыны ыллылар Нэһилиэк Аҕа баһылыга Виктор Егорович Федоров ону тэҥэ Эстафета хаамыытыгар сыһыарыллыбыт хамыыһыйа.
Саха киһитэ урут даҕаны, билигин даҕаны төрөөбүт төрүт түөлбэтигэр, нэһилиэгэр үүнэн сириэдийэн тахсыбыт сиригэр – уотугар оҕо эрдэҕиттэн дириҥ ытыктабыллаах, истиҥ иэйиилээх сыһыаннаах буола улаатар. Оннук сыһыан үөскүүрүгэр киниэхэ тулалыыр эйгэтэ, ииппит – үөрэппит, сүбэ – ама, көмө – тирэх дьоно сэргэтэ улахан оруолу ылаллар. Төрөөбүт дойдугар ытык сыһыан биир сүрүн уратытынан дойдугунан, дойдуҥ дьонунан киэн туттуу буолар. Онно биһиги, мэҥэ хаҥаластар, болҕомто ууран, дойдубут чэчирии сайдарыгар тус кылааттарын киллэрбит дьоһун дьоммут сырдык аатын үйэтитэбит. Ыҥырыылаах ыалдьыттартан истиҥ иһирэх тыллардаах…
Быстах байыаннай дьайыы «Сылаас суорҕан» уонна «Блиндажная свеча» диэн аахсыйаларга «Чэчир» оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ кытыыны ыллылар.
Тохсунньу 23 күнүгэр В.В. Скрябин аатынан орто оскуолаҕа Мэҥэ — Хаҥалас улууһа муниципальнай оройуон Аҕа баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов 2023 сыл түмүгүнэн, улууспут управлениеларын салайааччылара хамаандалаах үлэтин отчета буолан ааста.
Тохсунньу 18 күнүгэр эдэр ыччат политикатын исписэлииһэ Денис Чагылович Чиряев Мэҥэ — Хаҥалас улууһун Иннокентий Михайлович Сосин аатынан кииннэммит библиотека үлэһиттэрэ тэрийбит «ЭТнО — МЫ!» улуустааҕы күөн күрэскэ кыттыыны ылан кэллэ.
Тохсунньу 17 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, бөдөн бэлиитикэ деятеля, Мэҥэ – Хаҥалас улууһун бастакы аҕа баһылыга, Хаҥалас уонна Мэҥэ – Хаҥалас улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Санкт – Петербург куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, биир дойдулаахпыт В.В. Скрябин төрөөбүтэ 80 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн улуус киинигэр Мэҥэ — Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччыта А.А. Григорьева салайыытынан сүбэ мунньах буолан ааста. Биһиги нэьилиэкпититтэн «Ходоро нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин аҕа баһылыга В.Е. Федоров. В.В. Скрябин аатынан Чүүйэтээҕи орто оскуола дириэктэрэ М.М….
Тохсунньу 17 күнүгэр Саха балаҕаныгар «Сырдык» түмсүү В.Н. Федорова салайааччылаах, нэһилиэк дьонун алгыстаан, ыраастаан, саҥа сылга тирэхтээхтик үктэнэн киирэргэ алҕаан бардылар. Дьон — сэргэ астынан, дьиэ иһин, таһын ыраастыырга үөрэннилэр.
Тохсунньу 6 күнүгэр саха балаҕаныгар аҕам саастаах дьоҥҥо «Ороһооспо дьоро киэһэтэ» буолан ааста. Ол курдук аҕам саастаах дьоммут ирэ — хоро кэпсэтэн, оонньоон — үҥкүүлээн дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.