Олоҥхо дойдутун алгыстаах алаадьыта
Ходоро нэһилиэгэр Чүүйэҕэ сэтинньи 30 күнүттэн ,ахсынньы 12 күнүгэр дылы «Уруйдан , Улуу Олоҥхо Манчаары дойдутугар» олоҥхо декаадатын чэрчитинэн түөлбэлэринэн «Олоҥхо дойдутун алгыстаах алаадьытын кытыйата» акция түөлбэ ыалларынан кэһиилээх айан буолла.Бу тэрээһини Чүүйэ кулуубун директора Саргылана Иннокентьевна Атласова түөлбэ салайааччыларын кытта сүбэлэһэн баран оҥоһулунна.Түөлбэлэр кыттыһан мас кытыйа оҥотторон ,ол кытыйабытын аҕалан кулууппутугар кэһиилээн аҕалан туттардыбыт.Ходоро нэһилиэгэр түөрт түөлбэ үлэлии — хамсыы олорор. Бастаан түөлбэ салайааччылара биир ыалтан саҕалаан кытыйаҕа алаадьылаах, ону таһынан кэһиилээх ыалтан ыалга истиҥ сыһыан үөскэтэр ыал ыалга сылдьарын ситиһэр сыалтан тэрилиннэ бу акция.Түөлбэбит дьоно бары көхтөөхтүк кыттан үөрэн — көтөн бэлэх, кэһии тутан ким эт,ким балык,ким барыанньа ,сир аһа,араас бэлэх туһах бэрсэн үтүө үгэһи сөргүттүбүт.Үтүө үгэс бэйэ бэйэҕэ истиҥ сыһыан хаһан да уостубатыҥ.