Просмотрено
Месяц: Декабрь 2023

Алгыс

Алгыс

Улахан алгысчыппыт Охонооһой ыҥырыытын ылынан Чүүйэм дьонун сэргэтиҥ алгыс ылыныыга ,бүгүн ахсынньы 21 күнүгэр ,күнүс 11 чаастан үтүө санаа алгыһа саха балаҕаныгар буолан ааста.

Түөлбэлэр икки ардыларыгар күөн күрэс

Түөлбэлэр икки ардыларыгар күөн күрэс

Ахсынньы 19 — 20 күннэригэр В.В.Скрябин аатынан оскуолаҕа түөлбэнэн күрэхтэһии буолан ааста. Түөлбэлэр 1 күҥҥэ хабылыкка, хаамыскаҕа, дуобакка уонна саахымакка күрэхтэстилэр. Иккис күҥҥэ салгын саатынан ытыыга уонна волейболга күрэхтэстилэр. Уопсай түмүккэ хаачыстыбанан 1 миэстэ Саһарҕа түөлбэ, 2 миэстэ Алгыс түөлбэ, 3 миэстэ Чараҥ түөлбэ, 4 миэстэ Айылгы буоллулар.

Саха сирэ хаһыакка таҕыстыбыт

Саха сирэ хаһыакка таҕыстыбыт

✅ Ыаллыылар бэйэ-бэйэлэригэр кэһиилээх, бэлэхтээх ыалдьыттааһыннара — бэртээхэй үгэс. Үтүө холобур батыһыннарыылаах буоллун! СИҺИЛИИ▶️▶️▶️https://sakha-sire.ru/mene-hanalas-chyyjetiger-ytye-ygehi-sergyttyler/

Нэһилиэкпит харыйатын уота умайда

Нэһилиэкпит харыйатын уота умайда

Ахсынньы 14 күнүгэр «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» диэн бүтүн Россия үрдүнэн ыытыллар аахсыйа чэрчитинэн нэһилиэкпит саҥа дьыллааҕы харыйатын уотун уматыыта буолан ааста. Эрдэ биллэриллибитинэн «Мин харыйаҕа бэлэҕим» диэн бэйэ илиитинэн оҥорбут саҥа дьыллааҕы оонньуурдарын оҕолор, нэһилиэк дьоно харыйабытыгар симээтилэр. Ол курдук «остуоруйа алыптаах дойдутугар» диэн представление туруоран оҕолор сүргэлэрэ көтөҕүллэн кыра кэһии ылан үөрэн — көтөн тараҕастылар.

ИЛИН ЭҤЭРДЭЭҔИ КУЛТУУРА ҮЛЭҺИТТЭРИН СЕМИНАРА ЫЫТЫЛЫННА

ИЛИН ЭҤЭРДЭЭҔИ КУЛТУУРА ҮЛЭҺИТТЭРИН СЕМИНАРА ЫЫТЫЛЫННА

Бүгүн, ахсынньы 13 күнүгэр, Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр «Тыа сирин култуурата: тускулааһын, торумнааһын, түстээһин» Илин Эҥэрдээҕи култуура үлэһиттэрин бастакы методическай семинара ыытылынна. Семинар Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист, режиссер, артыыс, култуура методиһа, кыраайы үөрэтээччи, фольклорист Алексей Леонтьевич Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна. Семинарга барыта сэттэ улуустан 247 киһи кыттыыны ылла. Ол курдук Амма, Чурапчы, Таатта, Уус Алдан, Сунтаар, Уус Маайа улуустарыттан дэлэгээссийэлэр кэллилэр.

Олоҥхо дойдутун алгыстаах алаадьыта

Олоҥхо дойдутун алгыстаах алаадьыта

Ходоро нэһилиэгэр Чүүйэҕэ сэтинньи 30 күнүттэн ,ахсынньы 12 күнүгэр дылы «Уруйдан , Улуу Олоҥхо Манчаары дойдутугар» олоҥхо декаадатын чэрчитинэн түөлбэлэринэн «Олоҥхо дойдутун алгыстаах алаадьытын кытыйата» акция түөлбэ ыалларынан кэһиилээх айан буолла.Бу тэрээһини Чүүйэ кулуубун директора Саргылана Иннокентьевна Атласова түөлбэ салайааччыларын кытта сүбэлэһэн баран оҥоһулунна.Түөлбэлэр кыттыһан мас кытыйа оҥотторон ,ол кытыйабытын аҕалан кулууппутугар кэһиилээн аҕалан туттардыбыт.Ходоро нэһилиэгэр түөрт түөлбэ үлэлии — хамсыы олорор. Бастаан түөлбэ салайааччылара биир ыалтан саҕалаан кытыйаҕа алаадьылаах, ону таһынан кэһиилээх ыалтан ыалга истиҥ сыһыан үөскэтэр ыал ыалга…

Читать далее Читать далее

Олоҥхо дьыкаадатын түмүктүүр тэрээһин

Олоҥхо дьыкаадатын түмүктүүр тэрээһин

Бүгүн Ахсынньы 12 күнүгэр «Уруйдан Улуу Олоҥхо Манчаары дойдутугар» диэн олоҥхо декаадатын түмүктээһин тэрээһинэ буолан ааста. Мэҥэ — Хаҥалас улууһун ытык сүбэ бэрэсэдээтэлэ уонна бочуоттаах олохтооҕо Зиновий Иванович Игнатьев кэлэн арчылаан, алгыстаан дьоро киэһэбитин астыбыт. Ону таһынан эрдэ биллэриллибит оҕолорго «Олоҥхо оҕо хараҕынан» диэн уруһуй күрэҕин түмүгэ буолла, кыттыбыт оҕолор кэлэн өбүгэ оонньуутун оонньоон (хабылык, хаамыска, ойбонтон уулааһын) үөрэн — көтөн тарҕастылар. Уонна «Олоҥхо дойдутун алгыстаах алаадьытын кытыйата» диэн акциябытын түмүктээтибит.

Олоҥхо декадатын түмүктүүр тэрээһин

Олоҥхо декадатын түмүктүүр тэрээһин

Ахсынньы 6 күнүгэр Д.Ф.Ходулов аатынан культуура киинигэр Мэҥэ — Хаҥалас улууһугар Олоҥхо ыйын түмүктүүр дьоро тэрээһин «Аан дойду эпостара олоҥхо дойдутугар» диэн регионнар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ уонна бэстибээл буолан ааста. Ол курдук Алтайтан, Башкортостантан, Казахстантан, Кыршызтантан, Хакасияттан ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлэн кыттыыны ыллылар. Кэмпириэнсийэ бэрт үрдүк таһымнаахтык ааста.