Ходоро кубога 2023

Ходоро кубога 2023

Муус устар 22 күнүгэр быйыл 14 төгүлүн ыытыллыбыт «Ходоро Кубога»  диэн сахалыы ыстаныыларга Ходоро нэһилиэгин күрэхтэһиитэ буолан ааста, 1 кылаас  оҕолоруттан улахан дьонугар тиийэ барыта 29 күрэхтэһээччи, бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта, кыргыттар уонна уолаттар илин – кэлин түһүстүлэр. Күрэхтэһии аһыллыытыгар быйылгы сыл Саха Республикатын 11 туоска атах оонньуутугар чемпиона Захаров Сергей Дмитриевиһы уонна ити күрэхтэһиигэ иккис миэстэлээх Скрябин Игорь Никифоровиһы дьоһун ситиһиилэринэн нэһилиэк баһылыга Федоров В.Е., нэһилиэк эдэр ыччаттарын салайааччыта Сидорова-Атласова М.Н., нэһилиэк эр дьонун түмсүүтүн аатыттан Игнатьев Н.Н. эҕэрдэ тылларын эттилэр, махтал суруктары уонна нэһилиэк ыччатара, эр дьонноро  харчыннан кыттыспыт суммаларын туттардылар. Бэлиэтээн эттэххэ Захаров С.Д. 11 туоска «куобахтаан» ыстаныыга 1994 сылтан турбут рекорду,  29 м.57 см. түһэн уонна үс көрүҥ түмүгүнэн 128 м. 23 см. ыстанан  Мэҥэ-Хаҥалас улууһун саҥа рекордтарын олохтоото, Скрябин И.Н. уһуну ыстаныыга сайын Бороҕоҥҥо ыытыллыбыт  VIII  Саха Сирин спартакиадатыгар 7 м. 40 см. түһэн  Саха Республикатын  рекордун олохтообута.
    Күрэхтэһии көрүҥнэринэн кыайыылаахтара уонна призердара:
1-2 кылаас кыргыттара “Кылыы”;
1м. Уйгулаана Нестерова 7м.06 см.
2 м. Света Спиридонова 6 м.82 см.
3 м. Нарыйа Михайлова 6 м. 23 см.
“Ыстаҥа”
1м. Света Спиридонова 8м.25 см.
2 м. Уйгулаана Нестерова 7 м.56 см.
3 м. Лилиана Скрябина 6 м. 34 см.
“Куобах”
1м. Нарыйа Михайлова 6м.64 см.
2 м. Уйгулаана Нестерова 6 м.50 см.
3 м. Света Спиридонова  5 м. 74 см.
Үс көрүҥ түмүгүнэн
1м. Уйгулаана Нестерова 21м.12 см.
2 м. Света Спиридонова 20 м.81 см.
3 м. Лилиана Скрябина 16 м. 82 см.

1-2 кылаас уолаттара “Кылыы”;
1м. Роберт Захаров 7м.46 см.
2 м. Айсен Илларионов 7 м.37 см.
3 м. Коля Сидоров- Атласов 6 м. 32 см.
“Ыстаҥа”
1м. Айсен Илларионов 8м.28 см.
2 м. Петя Дмитриев 7 м.63 см.
3 м. Роберт Захаров 7 м. 63 см.
“Куобах”
1м. Айсен Илларионов 7м.69 см.
2 м. Петя Дмитриев 7 м.42 см.
3 м. Роберт Захаров  6 м. 58 см.
Үс көрүҥ түмүгүнэн
1м. Айсен Илларионов 23м.34 см.
2 м. Роберт Захаров 21 м.67 см.
3 м. Петя Дмитриев 21 м. 07 см.

2-3 кылаас кыргыттара:
1м. Алексеева Амина, 21 м. 85 см.( 7м.08 см., 7м.81см., 7м.01 см.)

3-4 кылаас уолаттара “Кылыы”;
1м. Артем Алексеев  8 м.79 см.
2 м. Реворий Захаров 7 м.17 см.
3 м. Ньургун Захаров 7 м. 00 см.

“Ыстаҥа”
1м. Артем Алексеев  9м.07 см.
2 м. Ньургун Захаров 7 м.83 см.
3 м. Реворий Захаров 7 м. 68 см.
“Куобах”
1м. Артем Алексеев  8м.59 см.
2 м. Ньургун Захаров 7 м.72 см.
3 м. Айхал Аргунов 6 м. 69 см
Үс көрүҥ түмүгүнэн
1м. Артем Алексеев  26м.45 см.
2 м. Ньургун Захаров 22 м.55 см.
3 м. Реворий Захаров 21 м. 48 см.

5-8 кылаас кыргыттара “Кылыы”;
1м. Алгыстаана Федорова 13м.46 см.
2 м. Сайаана Степанова 13 м.42 см.
3 м. Алиса Бродникова 13 м. 03 см.
“Ыстаҥа”
1м. Сайаана Степанова  14м.41 см.
2 м. Алгыстаана Федорова 14 м.07 см.
3 м. Алиса Бродникова 13 м. 35 см.
“Куобах”
1м. Сайаана Степанова  12м.63 см.
2 м. Диана Бродникова  12 м.07 см.
3 м. Алгыстаана Федорова   10 м. 77 см.
Үс көрүҥ түмүгүнэн
1м. Сайаана Степанова  40 м.46 см.
2 м. Алгыстаана Федорова 38 м.30 см.
3 м. Диана Бродникова 37 м. 83 см.

5-8 кылаас уолаттара “Кылыы”;
1м. Сергей Аргунов  19м.06 см.
2 м. Ньургун Федоров 18 м.12 см.
3 м. Сулустан Кривошапкин 14 м. 69 см.
“Ыстаҥа”
1м. Сергей Аргунов 18м.31 см.
2 м. Ньургун Федоров 18 м.12 см.
3 м. Айтал Тролуков 16 м. 63 см.
“Куобах”
1м. Ньургун Федоров 15м.42 см.
2 м. Сергей Аргунов 15 м.12 см.
3 м. Айтал Тролуков 13 м. 38 см.
Үс көрүҥ түмүгүнэн
1м. Сергей Аргунов 52 м.49 см.
2 м. Ньургун Федоров 51 м.84 см.
3 м. Айтал Тролуков 44 м. 69 см.
9-11 кылаас кыргыттара “Кылыы”;
1м. Карина Семенова  18м.74 см.
2 м. Лия Дмитриева 16 м.25 см.
“Ыстаҥа”
1м. Карина Семенова  17м. 67 см.
2 м. Лия Дмитриева 14 м.55 см.
“Куобах”
1м. Карина Семенова  14м.33 см.
2 м. Лия Дмитриева  12 м.06 см.
Үс көрүҥ түмүгүнэн
1м. Карина Семенова  50м.74 см.
2 м. Лия Дмитриева 42 м.86 см.

9-11 кылаас уолаттара “Кылыы”;
1м. Виктор Нестеров  24 м.92 см.
2 м. Саид Дмитриев 23 м.82 см.
3 м. Николай Осипов 21 м. 04 см.
“Ыстаҥа”
1м. Виктор Нестеров 23м.43 см.
2 м. Николай Осипов 21 м.77 см.
3 м. Саид Дмитриев 20 м. 82 см.
“Куобах”
1м. Николай Осипов 19м.91 см.
2 м. Саид Дмитриев  19 м.39 см.
3 м. Виктор Нестеров 18 м. 99 см.
Үс көрүҥ түмүгүнэн
1м. Виктор Нестеров  67 м.34 см.
2 м. Саид Дмитриев 64 м.03 см.
3 м. Николай Осипов 62 м. 72 см.

Эр дьоннор
1м. Сергей Захаров  28 м.85 см.
2 м. Игорь Скрябин 28 м.84 см.
3 м. Дьулустан Герасимов  25 м. 78 см.
“Ыстаҥа”
1м. Игорь Скрябин  29 м.05 см.
2 м. Сергей Захаров 27 м.87 см.
3 м. Дьулустан Герасимов  23 м. 91 см.
“Куобах”
1м. Сергей Захаров  24 м.39 см.
2 м. Игорь Скрябин 23 м.91 см.
3 м. Дьулустан Герасимов  20 м. 47 см.
Үс көрүҥ түмүгүнэн
1м. Игорь Скрябин  81 м.80 см.
2 м. Сергей Захаров 81 м.11 см.
3 м. Дьулустан Герасимов  70 м. 16 см.
   Күрэхтэһии ыытылларыгар күүс-көмө буолбут выпускниктарбытыгар, спонсордарбытыгар махтал буоллун, махтанабыт Мэҥэ-Хаҥалас оҕо спортивнай оскуолатын директорыгар Илларионов П.А., сүрүн спонсордарынан буоллулар Ходоро нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата, баһылык Федоров В.Е., В.В.Скрябин аатынан Чүүйэ орто оскуолата, директор Илларионов М.М., улуус чэпчэки атлетикаҕа федерациятын салайааччыта, улуус мунньаҕын депутата Захаров А.В., оҕо спортивнай оскуолатын тренера Скрябин Х.Е., Герасимов И.В.,  Атласов Дь.И., Скрябин Д.Е., Контоев В., Скрябин И.Т., Игнатьев Н.Н., Нестеров Нь.В., Скрябин Е.Т., Петров А.В., Захаров С.Д., Герасимов Дь.К., Тимофеев Н.И., нэһилиэк эдэр ыччатын түмсүүтэ уонна нэһилиэк эр дьонун түмсүүтэ.
  Күрэхтэһиигэ кыттыбыт оҕолорбутугар, ыччаттарбытыгар махтал, ситиһиилэри, чэгиэн буолууну, эһиилги күрэххэ көрсүөххэ диэри.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *