Мэҥэ — Хаҥалас үөрэхтээһинин 150 сылыгар аналлаах тэрээһин
Олунньу 7 күнүгэр Бүтүн Россия үрдүнэн уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит сылынан үлэни түмүктүүр уонна Мэҥэ — Хаҥалас үөрэхтээһинин 150 сылыгар аналлаах тэрээһин буолан ааста.




Олунньу 7 күнүгэр Бүтүн Россия үрдүнэн уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит сылынан үлэни түмүктүүр уонна Мэҥэ — Хаҥалас үөрэхтээһинин 150 сылыгар аналлаах тэрээһин буолан ааста.




Улуу кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт эйэлээх халлааны, чэгиэн — чэбдик доруобуйаны,үлэҕитигэр, үөрэххитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри!
Өбүгэ саҕаттан этиллэрин курдук Муус устар ый Айыыһыт ыйынан биллэр. Бу ыйга Айыыһыт сиэрин — туомун хас биирдии ыал иҥэринэн, ийэ киһи дьиэтээҕилэригэр Айыыһыт ый туһунан кэпсээн сырдатан ааһыахтаах. Муус устар — Айыыһыт ыйыгар анаан саха балаҕаныгар Айыыһыкка хайыһыы сиэрэ — туома ыытыллыа. Айыыһыт Хотун арчылаатын, араҥаччылаатын. Дом, дом, дом!!!
Бэс ыйын 14 күнүгэр Ходоро нэһилиэгин Үрүн тунах ыһыаҕа буолан ааста. Ыһыахпыт Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах буолан үс холкуос холбоһон парадтаан киирдилэр «Кыым», «Кыһыл трактор», «Чүүйэ» холкуостар. «Сайылык кыргыттара» сылын аайы ыытыллар күрэххэ сүрүн спонсар буоллулар. Холкуоспут туруу үлэһит дьонун оҕолоругар, сиэттэригэр, хос сиэттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Ыһыаҕы иилээн саҕалаан ыыттылар Алена Васильева, Николай…
Ахсынньы 19 — 20 күннэригэр В.В.Скрябин аатынан оскуолаҕа түөлбэнэн күрэхтэһии буолан ааста. Түөлбэлэр 1 күҥҥэ хабылыкка, хаамыскаҕа, дуобакка уонна саахымакка күрэхтэстилэр. Иккис күҥҥэ салгын саатынан ытыыга уонна волейболга күрэхтэстилэр. Уопсай түмүккэ хаачыстыбанан 1 миэстэ Саһарҕа түөлбэ, 2 миэстэ Алгыс түөлбэ, 3 миэстэ Чараҥ түөлбэ, 4 миэстэ Айылгы буоллулар.