Кыайыы күнэ!
Улуу кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт эйэлээх халлааны, чэгиэн — чэбдик доруобуйаны,үлэҕитигэр, үөрэххитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри!
Улуу кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт эйэлээх халлааны, чэгиэн — чэбдик доруобуйаны,үлэҕитигэр, үөрэххитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри!

Ходоро телестудия 12 биэриитин киирэн көрүн
Муус устар 7 күнүгэр «Эбэ» күөлгэ кыһыны атаарыы, сааһы көрсүү тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэк дьоно көхтөөх кыттыыны ылан бэрт сэргэхтик буолла. Оҕолорго, улахан дьоҥҥо көрдөөх оонньуулар, аралдьыйыылар буолан аастылар. В.В. Скрябин аатынан Чүүйэтээҕи орто оскуола, «Күнчээн» оҕо уһуйаанын тэрилтэлэрэ бэрт кыраһыабай фотозона оҥорон тэрээһин буолар сирин киэргэттилэр. Түөлбэнэн дьахталларга күрэхтэһии буолла. Кыайыылааҕынан «Айылгы» түөлбэ таҕыста.
Ыам ыйын 19 күнүгэр аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах «Оҕо ийэтинээн», «Чэчир» оҕо уһуйаанын улахан бөлөҕө кэлэн кыттыыны ыллылар. Бэйэлэрин билиһиннэрэн, кыратык күрэхтэһэн ылан, үҥкүүлээн үөрэн — көтөн тарҕастылар.