Атырдьах ыйын 27 күнүгэр М.Т. Данилова-Хатыҥ Ай аатынан култуура киинигэр буолаары турар Судаарыстыбаннай Дуума быыбарынан улууспут баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов нэһилиэги кытта көрүстэ.








Мэҥэ — Хаҥалас улууһа төрүттэммитэ 95 сылынан биир бөдөҥ общественнай, политическай деятельбыт, биир дойдулаахпыт В.В. Скрябин бүүһүгэр сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолла. Ил түмэн депутата А.М. Находкин, Мэҥэ- Хаҥалас улууһун депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ И.И. Андросов, Ходоро нэһилиэгин аҕа баһылыга В.Е. Федоров эҕэрдэ тыл эттилэр.
Бүгүн о.э тохсунньу 31 күнүгэр нэһилиэккэ Культура уонна спорт эстафетатын сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Кыттыыны ыллылар Нэһилиэк Аҕа баһылыга Виктор Егорович Федоров ону тэҥэ Эстафета хаамыытыгар сыһыарыллыбыт хамыыһыйа.
Филипп Гаврильевич Охлопков 1936 сыллаахха от ыйын 15 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ходоро нэһилиэгэр колхуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1954 сыллаахха Майа орто оскуолатын бүтэрэн “Кыым” колхуоска үлэтин рабочайынан саҕалаабыта. 1957 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищены бутэрэн учуутал-пионер баһаатай идэтин ылбыта. Уонна икки сыл Майа орто оскуолатыгар алын кылаас учууталынан, пионер баһаатайынан үлэлээбитэ. Онтон 1959 сылтан 1961 сылга диэри комсомольскай тэрилтэ босхоломмут секретарынан, Ленин…
Сэтинньи 27 күнүгэр саха балаҕаныгар «Уруйдан. Улуу Олоҥхо, Манчаары дойдутугар» олоҥхо дьоро күнэ буолан ааста. Тэрээһиммит бастакы чааһын алгыһынан арыйдыбыт, сиэри — туому ыытта СӨ культуратын туйгуна Галина Константинова. Олоҥхобут декадатын аһыллыытын биир дойдулаахпыт олоҥхоһуппут Григорий Егорович Слободчиков — Тэлээркэ сиэнэ Раиса Васильевна Стручкова, хос сиэнэ Татьяна Ивановна Романова, эһэлэрин туһунан сырдатан ахтан санаан аастылар….
Алтынньы ый 27 күнүгэр нэһилиэкпитигэр урукку улахан тимир тобохторун ыраастааһына, 3 техника уонна 15 киһи кыттыылаах субуотунньук буолан ааста. Сиһилии аллараа хаартыскаларга көрүн.