Ходоро телестудия 12 биэриитэ
Ходоро телестудия 12 биэриитин киирэн көрүн
Ходоро телестудия 12 биэриитин киирэн көрүн

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр «Биллэр ырыалар, биллибэт ааптардара» проект кэнсиэрэ буолан ааста. Биһиги нэһилиэктэн «Мичээрдэр» дьахталлар ансаамбыллара биир дойдулаахпыт М.Т. Данилова — Хатыҥ Ай «Хатыҥнаах алааһым» ырыатынан кыттыыны ыллылар.
Тохсунньу 6 күнүгэр саха балаҕаныгар аҕам саастаах дьоҥҥо «Ороһооспо дьоро киэһэтэ» буолан ааста. Ол курдук аҕам саастаах дьоммут ирэ — хоро кэпсэтэн, оонньоон — үҥкүүлээн дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.
«БИИРГЭ КӨХТӨӨХ УҺУН ОЛОХХО» диэн ааттаах Өрөспүбүлүкээнскэй форумҥҥа көхтөөх кыттыыларын ыллылар биһиги биир дойдулаахтарбыт Степан Осипов, Егор Федоров.