Минньигэстик аһаан




Танцевальный коллектив «Тыыллымаана». Руководитель Прокопьева Мария Васильевна, хореограф-постановщик Васильева Алена Николаевна. Слова и мелодия — Прокопьева Мария Васильевна, студия — “Эҥсиэли рекордс” , аранжировка- Сергей Акимбетов, исполнительница- Наталья Степанова Рехлясова. Название танца- «Хатыҥнар кэпсииллэр».
2023 сыл Ахсынньы 26 күнүгэр саха балаҕаныгар Өркөн Өй түмүктүүр түһүмэҕэ буолбута. Ол курдук уопсайа 3 хамаанда кыттыыны ыллылар. Ирина Аргунова уонна Николай Нестеров, Лидия Нестерова уонна Иван Осипов, Геннадий Скрябин. Кыайыылааҕынан Геннадий Скрябин буолла уонна 6 тыыһынчалаах уу харчынан наҕараадаланна.
Муус устар 2 күнүгэр Аллараа Бэстээх «Парус» элбэх хайысхалаах спортивнай дьиэтигэр сылын аайы ыытыллар улуустаа5ы быыстапка, дьаарбаҥка буолла. Дойдубутугар дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр оҕо саас сылыгар анаммыт «Мэҥэ уус» быыстапкаҕа биһиги нэһилиэктэн Дмитриева Нюргуяна Васильевна уонна Аргунова Ирина Ивановна көхтөөх кыттыыны ыллылар. Кырдьык даҕаны бу дьоммут талааннара, оҥоһуктар, иистэрэ көрөргө кэрэтин. Дмитриева Нюргуяна Васильевна «Сыахайдар»…
Бүгүн балаҕан ыйын 19 күнүгэр «Үрэх» ыһыахтыыр сиригэр улуустааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммут «Көмүс күһүн» диэн тэрээһин буолан ааста. Тэрээһиммит арыллыытыгар Ходоро нэһилиэгин аҕа баһылыга Федоров Виктор Егорович эҕэрдэтэ, Мэҥэ — Хаҥалас улууһун социальнай харысхалын салайааччыта Шестаков Иван Иванович эҕэрдэтэ, улуустааҕы инбэлииттэр обществоларын салайааччыта Пермякова Тамара Николаевна бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Ол курдук арааһынай конкурстарга (Айылҕа…
Ходоро нэһилиэгэр Чүүйэҕэ сэтинньи 30 күнүттэн ,ахсынньы 12 күнүгэр дылы «Уруйдан , Улуу Олоҥхо Манчаары дойдутугар» олоҥхо декаадатын чэрчитинэн түөлбэлэринэн «Олоҥхо дойдутун алгыстаах алаадьытын кытыйата» акция түөлбэ ыалларынан кэһиилээх айан буолла.Бу тэрээһини Чүүйэ кулуубун директора Саргылана Иннокентьевна Атласова түөлбэ салайааччыларын кытта сүбэлэһэн баран оҥоһулунна.Түөлбэлэр кыттыһан мас кытыйа оҥотторон ,ол кытыйабытын аҕалан кулууппутугар кэһиилээн аҕалан туттардыбыт.Ходоро…