Ходоро телестудия 15 биэриитэ
Ходоро телестудия 15 биэриитэ
Ходоро телестудия 15 биэриитэ

Ону таһынан күрэхтэр буолан аастылар🤩🍁 «Эриэккэс көстүүлээх оҕуруот аһа»🍁 «Оҕуруот аһыттан композиция»🍁 «Парад зонтиков ☂» Моорук нэһилиэгиттэн Т.К.Апросимова аатынан култуура киинин үлэһиттэрэ гипсэнэн оҥоһукка уонна шопперга уруһуй түһэриигэ маастар кылаас ыыттылар🤩
Ахсынньы 19 — 20 күннэригэр В.В.Скрябин аатынан оскуолаҕа түөлбэнэн күрэхтэһии буолан ааста. Түөлбэлэр 1 күҥҥэ хабылыкка, хаамыскаҕа, дуобакка уонна саахымакка күрэхтэстилэр. Иккис күҥҥэ салгын саатынан ытыыга уонна волейболга күрэхтэстилэр. Уопсай түмүккэ хаачыстыбанан 1 миэстэ Саһарҕа түөлбэ, 2 миэстэ Алгыс түөлбэ, 3 миэстэ Чараҥ түөлбэ, 4 миэстэ Айылгы буоллулар.
Тохсунньу 2 күнүгэр үгэс буолбут Баһылык харыйата буолан ааста. Сыл түмүгэр үөрэҕэр, спортка үрдүк ситиһиилээх оҕолору эҕэрдэлээтэ. Оҕолор оонньоон көрүлээн сэргэхсийэн Дед морозтан подарок тутан тарҕастылар.
Бэс ыйын 20 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр «Ураһалаах» алааһыгар түһүлгэлээн тэриллэн улууспут ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытыллынна. Бэлиэ ыһыах дьоһун — мааны дьонноох, дириҥ устуоруйалаах нэһилиэктэрин, көмүс тарбахтаах маастардарын, үлэни өрө туппут оҥорон таһаарааччыларын, култуура бэтэрээннэрин, Саха сирин иккис дойду оҥостон олорор араас норуоттар бэрэстэбиитэллэрин сэлэлээн хаамыыларыттан саҕаланна. Улууспут Аҕа баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан…
Бүгүн, кулун тутар 4 күнүгэр, биир дойдулаахпыт, Үлэ Албан Аата уордьан толору кавалера, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Бочуоттаах гражданина Андрей Дмитриевич ДМИТРИЕВ төрөөбүтэ 80 сылын туолла.