Биллэрии
Сахабыт балаҕаныгар олоҥхо декаадатын түмүктүүр күнүгэр кэлэн көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт!

Сахабыт балаҕаныгар олоҥхо декаадатын түмүктүүр күнүгэр кэлэн көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт!

Муус устар 7 күнүгэр «Эбэ» күөлгэ кыһыны атаарыы, сааһы көрсүү тэрээһин буолан ааста. Нэһилиэк дьоно көхтөөх кыттыыны ылан бэрт сэргэхтик буолла. Оҕолорго, улахан дьоҥҥо көрдөөх оонньуулар, аралдьыйыылар буолан аастылар. В.В. Скрябин аатынан Чүүйэтээҕи орто оскуола, «Күнчээн» оҕо уһуйаанын тэрилтэлэрэ бэрт кыраһыабай фотозона оҥорон тэрээһин буолар сирин киэргэттилэр. Түөлбэнэн дьахталларга күрэхтэһии буолла. Кыайыылааҕынан «Айылгы» түөлбэ таҕыста.
Филипп Гаврильевич Охлопков 1936 сыллаахха от ыйын 15 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ходоро нэһилиэгэр колхуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1954 сыллаахха Майа орто оскуолатын бүтэрэн “Кыым” колхуоска үлэтин рабочайынан саҕалаабыта. 1957 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищены бутэрэн учуутал-пионер баһаатай идэтин ылбыта. Уонна икки сыл Майа орто оскуолатыгар алын кылаас учууталынан, пионер баһаатайынан үлэлээбитэ. Онтон 1959 сылтан 1961 сылга диэри комсомольскай тэрилтэ босхоломмут секретарынан, Ленин…
Сэтинньи ый 28 күнүгэр олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Олоҥхо дойдута» КВЕСТ оонньуу уонна викторина буолла. Оскуолабыт орто уонна улахан кылаас үөрэнээчиллэрэ кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Алтынньы 31 күнүгэр Хара нэһилиэгигэр «Дьэ эрэ доҕоттор, түмсүбүччэ үөрүөххэ, көргө — нарга көтүөххэ, кулуубка көрсүөххэ» диэн «Көөчөөн көрө» 37 сезонун арыйар улууспут нэһилиэктэрин көрдөөх бөлөхтөрө, талааннаах дьоно сэргэтэ түмсэн киин комонан көрсүһүү буолан ааста.