Похожие записи
Сүбэ мунньаҕа
ОтadminБүгүн о.э тохсунньу 31 күнүгэр нэһилиэккэ Культура уонна спорт эстафетатын сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Кыттыыны ыллылар Нэһилиэк Аҕа баһылыга Виктор Егорович Федоров ону тэҥэ Эстафета хаамыытыгар сыһыарыллыбыт хамыыһыйа.
«Сайын кэрэтин сибэккигэ көрөбүн» куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыт видеонан устуу күрэхпит түмүгэ.
Отadmin«Араас сибэкки көрүҥүттэн тэлгэһэм көбүөрэ» анал аат иҥэриллэр — Федорова Татьяна Никифоровнаҕа. «Тиэргэммэр саамай уһун-үрдүк сибэкки» анал аат иҥэриллэр — Алексеева Евдокия Тимофеевнаҕа. «Ураты көстүүлээх сибэкки» анал аат иҥэриллэр — Тарабукина Екатерина Владимировнаҕа. Муҥутуур кыайыылаах Осипова Клавдия Николаевна. Күндү кыттыбыт кэрэ аҥардарбытыгар ис сүрэхпититтэн кыайыыгытынан эҕэрдэлиибит . Өссө да маннык көхтөөхтүк кыттыыны ыларгытыгар баҕарабыт.
Айыы үөрэҕэ
ОтadminБүгүн ыам ыйын 16 күнүгэр балаҕаммытыгар Майатааҕы айыы балаҕанын алгысчыта Анна Иннокентьевна Климентова уонна Лидия Ивановна Андреева кэлэн айыы үөрэҕин ыыттылар. Хайдах сөптөөхтүк алгыс, сиэр — туом оҥорорго, арчылааһыҥҥа үөрэттилэр. Тула олорон сэһэргэһии, дорҕоону таһаары, аһаҕас кэпсэтии буолла.
