Минньигэстик аһаан




Ходоро нэһилиэгин дьоно, оскуола оҕолорун кытта тэҥҥэ оһуохай күнүн көрүстүбүт.
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр күнүс 2 чаастан Чүүйэ колхоз бэрэссэдээтэлэ, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үрдүк ситиһиилээх, Мэҥэ — Хаҥалас оройуонун, Ленин аатынан колхоз, Тыыллыма сельсоветын бочуот кинигэтигэр киллэриллибит Дмитрий Павлович Слободчиковка анаммыт «Үс үйэ тухары үтүөнэн ааттаныа» альбом — кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Олорон ааспыт дьиэтигэр өйдөбүнньүк бэлиэ туруорулунна, ол кэннэ олохтоох дьаһалта актовай саалыгар кини…
Кулун тутар 7 күнүгэр Ходоро нэһилиэгэ В.К. Степанов аатынан 67 төгүлүн ыытыллар эстафетаҕа Тумул нэһилиэгигэр ыалдьыттаан, кэнсиэрдээн кэллэ. Ходоролор кэнсиэрдэрэ 4,17 балынан сыаналанна.
Тохсунньу 14 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баянистара мустан Аллар-Бэстээхтээри В.В.Местников аатынан култуура киинигэр биэчэр буолан ааста. Биһиги нэһилиэктэн Степан, Иннокентий Осиповтар, Егор Федоров кыттыыны ыллылар