Похожие записи
Дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах тэрээһин
ОтadminЫам ыйын 19 күнүгэр аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах «Оҕо ийэтинээн», «Чэчир» оҕо уһуйаанын улахан бөлөҕө кэлэн кыттыыны ыллылар. Бэйэлэрин билиһиннэрэн, кыратык күрэхтэһэн ылан, үҥкүүлээн үөрэн — көтөн тарҕастылар.
Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах тэрээһин
ОтadminСэтинньи 5 күнүгэр «Эн, мин уонна кини» диэн ааттаах оскуола оҕолоругар тэрээһин ыытылынна. Оҕолор бэрт сэргэхтик кыттыыны ыллылар, араас омуктар таҥастарын таннан, норуоттар оонньууларын, культураларын кытта билистилэр.
Сонуннар
ОтadminМэҥэ — Хаҥалас улууһугар үөрэҕирии тэрилтэлэрин үлэһиттэрин республиканскай 20 тэгүлүн ыытыллар педярмарка Ураһалаах алааспытыгар буола турар, В.В.Скрябин аатынан орто оскуола, «Чэчир» оҕо саадын коллективтара педагогическай үлэһиттэрэ көхтөөхтүк ыалдьыттары көрсөн кытта сылдьаллар.
ИЛИН ЭҤЭРДЭЭҔИ КУЛТУУРА ҮЛЭҺИТТЭРИН СЕМИНАРА ЫЫТЫЛЫННА
ОтadminБүгүн, ахсынньы 13 күнүгэр, Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр «Тыа сирин култуурата: тускулааһын, торумнааһын, түстээһин» Илин Эҥэрдээҕи култуура үлэһиттэрин бастакы методическай семинара ыытылынна. Семинар Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист, режиссер, артыыс, култуура методиһа, кыраайы үөрэтээччи, фольклорист Алексей Леонтьевич Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна. Семинарга барыта сэттэ улуустан 247 киһи кыттыыны ылла. Ол…
Саха сирэ хаһыакка таҕыстыбыт
Отadmin✅ Ыаллыылар бэйэ-бэйэлэригэр кэһиилээх, бэлэхтээх ыалдьыттааһыннара — бэртээхэй үгэс. Үтүө холобур батыһыннарыылаах буоллун! СИҺИЛИИ▶️▶️▶️https://sakha-sire.ru/mene-hanalas-chyyjetiger-ytye-ygehi-sergyttyler/
Көмүс күһүн 2023
ОтadminБалаҕан ыйын 30 күнүгэр «Көмүс күһүн» тэрээһин буолан ааста. Бу күн нэһилиэкпит далбар хотуттара арааһынай ас астаан сандалыларын киэргэтэн, ону таһынан «Күһүҥҥү нуһараҥ» диэн сэлээппэ конкурсугар кыттан тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста. Дьүүллүүр сүбэ отсуоллары көрбүтүн кэннэ атыы эргиэн саҕаланна. Атыы тутуу быыһыгар оонньоон ылан дьон сэргэхсийэн бириис ылан үөрэн көтөн тарҕастылар.
