«Георгиевскай лиэнтэ» аахсыйа
«Георгиевскай лиэнтэ» аахсыйа буола турар
«Георгиевскай лиэнтэ» аахсыйа буола турар

Ыам ыйын 15 күнүгэр, Ходоро нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата уонна тэрилтэлэрэ үгэс буолбут хаһыс да сылын ыытыллар трасса кытыытын хомуйар субуотунньуга буолла.
«Дьөһөгөй оҕото» — Дьөһөгөй Айыы ыйынан былыр — былыргаттан өбүгэ саҕаттан биллэр. Бу ыйга Дьөһөгөй сиргэ чугаһыыр. Дьөһөгөй сахаҕа сылгы уонна уол оҕоҕо таҥарата диэн биллэр. Бүгүн Ходоро нэһилиэгин уолаттарыгар анаан «Дьөһөгөй оҕото» диэн тэрээһин буолан ааста. Сахалыы сиэри — туому Мэҥэ — Хаҥалас улууһун ытык сүбэтин бэрэссэдээтэлэ, сахалыы сиэри туому тарҕатааччы Зиновий Иванович Игнатьев…
Ахсынньы 14 күнүгэр «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» диэн бүтүн Россия үрдүнэн ыытыллар аахсыйа чэрчитинэн нэһилиэкпит саҥа дьыллааҕы харыйатын уотун уматыыта буолан ааста. Эрдэ биллэриллибитинэн «Мин харыйаҕа бэлэҕим» диэн бэйэ илиитинэн оҥорбут саҥа дьыллааҕы оонньуурдарын оҕолор, нэһилиэк дьоно харыйабытыгар симээтилэр. Ол курдук «остуоруйа алыптаах дойдутугар» диэн представление туруоран оҕолор сүргэлэрэ көтөҕүллэн кыра кэһии ылан үөрэн —…
Олунньу 13 күнүгэр, Ийэ тыл, сурук- бичик күнүн олохтоох дьаһалта дьиэтигэр оһуохайынан саҕалаатыбыт. В.В.Скрябин аатынан орто оскуолаҕа оһуохайбытын салҕаатыбыт. Оскуола оҕолорун кытары көлүөнэн оһуохай тылын эттибит. Оһуохайы таһаардылар : Галина Константинова, Николай Игнатьев, Давид Романов, Карина Никифорова. Өбүгэ саҕаттан кэлбит оһуокайбыт көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ турдун. Күнүс 15 чаастан култуура дьиэтигэр сурук-бичик күнүгэр аналлаах сахалыы дьыктаан…