авктоквест
Ыам ыйын 1 күнүгэр Ходоро нэһилиэгэр түөлбэлэринэн автоквест оонньуу буолан ааста.
Ыам ыйын 1 күнүгэр Ходоро нэһилиэгэр түөлбэлэринэн автоквест оонньуу буолан ааста.

Олунньу 10 күнэ- Мэҥэ Хаҥалас улууһун төрүттэммит күнэ. Аллараа Бэстээххэ Тимир Пинегин аатынан «Парус» спортивнай комплекска буолан ааста. Ходоро нэһилиэгиттэн биир дойдулаахпыт, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Ходоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Скрябина Фаина Илларионовна Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо үрдүк аатын ылла. Нэһилиэктэринэн быыстапка тэрилиннэ. Кэлбит ыалдьыттары сахалыы сиэринэн арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүбүт.
От ыйын 16 күнүгэр СӨ Сэрии, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин уопсастыбаннай тэрилтэтэ тэриллибитэ 40 сылын, «Көхтөөх уһун үйэлэнии» Бүтүн Арассыыйатааҕы национальнай бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэрээн сэбиэтин Знамятын эстэпиэтэтэ ыытыллар. Биир Знамя Бүлүү бөлөх улуустарын, иккис Знамя Уус Алдантан Мэҥэ Хаҥаласка от ыйын 15‒20 күннэригэр кэллэ.
Самаан сайын салаллан кэлбитинэн, «Сайылык » уонна «Ньукуолун» күнүнэн Нэһилиэкпит эр-дьоно, булчуттара биэрбит кустарынан аҕа саастаах кырдьаҕастарбытыгар миин буһаран биэрдибит. Түһүлгэ тула олорон итии кус миин иһэн, араас оонньуулары оонньоон, ыллаан-туойан, үөрэн- көтөн бэрт сэргэх тэрээһин буолла.
Кулун тутар 7 күнүгэр Ходоро нэһилиэгэ В.К. Степанов аатынан 67 төгүлүн ыытыллар эстафетаҕа Тумул нэһилиэгигэр ыалдьыттаан, кэнсиэрдээн кэллэ. Ходоролор кэнсиэрдэрэ 4,17 балынан сыаналанна.