Педагогическая ярмарка




Сэтинньи ый 27 күнүгэр Ходоро нэһилиэгин саха баҕаланыгар олонхо декаадатыгар аналлаах олонхо дьыктаана буолла. П.А. Ойуунскай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхоттон быһа тардыыны суруйдулар.
«Бары бииргэ» сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыт күөн — күрэс түмүгэ. Муҥутуур кыайыылаах «Чэчир» оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ. Эҕэрдэлиибит! 2 миэстэ «Сулусчаан» оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ. Эҕэрдэлиибит! 3 миэстэ В.В. Скрябин аатынан Чүүйэтээҕи орто оскуола үлэһиттэрэ. Эҕэрдэлиибит! 4 миэстэ М.Т. Данилова — Хатын Ай аатынан сынньалан киин уонна олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ. Көрөөччү биһирэбил анал аат…
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору оскуолаҕа атаарыы сиэрэ — туома саха балаҕаныгар ыытыллынна.
Ийэ күнүгэр аналлаах “Ийэ минньигэс аһа” күрэх балаһыанньата Сыала – соруга. Нэһилиэк ийэлэрин иллэн кэмнэригэр ас астыылларын киэҥ эйгэҕэ таһааран, ырысыап атыстаһыытын, ыаллыы олорор дьон бэйэ бэйэтин кытта билсэн ыаллаһарын ситиһии. Ирдэбилэ. Кыттааччы ийэлэр олохтоох сынньалан киин сайтыгар https://chuya.ru киирэн “Минньигэстик аһаан” ырысыап страницатыттан ырысыапптары ылан биир бүлүүдэни астыырын көрдөрөн, кэпсээн видеоҕа устан sandaara.2020@mail.ru аадырыска…
Бэс ыйын 20 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр «Ураһалаах» алааһыгар түһүлгэлээн тэриллэн улууспут ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытыллынна. Бэлиэ ыһыах дьоһун — мааны дьонноох, дириҥ устуоруйалаах нэһилиэктэрин, көмүс тарбахтаах маастардарын, үлэни өрө туппут оҥорон таһаарааччыларын, култуура бэтэрээннэрин, Саха сирин иккис дойду оҥостон олорор араас норуоттар бэрэстэбиитэллэрин сэлэлээн хаамыыларыттан саҕаланна. Улууспут Аҕа баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан…