«Сайылык күнэ»
Самаан сайын салаллан кэлбитинэн, «Сайылык » уонна «Ньукуолун» күнүнэн Нэһилиэкпит эр-дьоно, булчуттара биэрбит кустарынан аҕа саастаах кырдьаҕастарбытыгар миин буһаран биэрдибит. Түһүлгэ тула олорон итии кус миин иһэн, араас оонньуулары оонньоон, ыллаан-туойан, үөрэн- көтөн бэрт сэргэх тэрээһин буолла.





