«Үс үйэ тухары үтүөнэн ааттаныа»
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр күнүс 2 чаастан Чүүйэ колхоз бэрэссэдээтэлэ, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үрдүк ситиһиилээх, Мэҥэ — Хаҥалас оройуонун, Ленин аатынан колхоз, Тыыллыма сельсоветын бочуот кинигэтигэр киллэриллибит Дмитрий Павлович Слободчиковка анаммыт «Үс үйэ тухары үтүөнэн ааттаныа» альбом — кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Олорон ааспыт дьиэтигэр өйдөбүнньүк бэлиэ туруорулунна, ол кэннэ олохтоох дьаһалта актовай саалыгар кини туһунан истин иһирэх кэпсэтии, ахтыы биэчэрэ буолан ааста.










