«Уруйдан Улуу Кыайыы»
Бэс ыйын 26 күнүгэр улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин көҕүлээһининэн Ходоро нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах «Уруйдан Улуу Кыайыы» диэн тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии оҕолоругар аналлаах ыһыах буолан ааста. Ходоро нэһилиэгин олохтоох дьаһалта, сынньалан киин үлэһиттэрэ тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.



