Кыайыы кыыһын алгыстаах аартыга
Муус устар 12 күнүгэр, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин Култуура киинигэр. СӨ народнай уонна үтүөлээх артыыһа, Россия театральнай деятеллэрин уонна Суруналыыстар сойуустарын чилиэнэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун уонна Ходоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Адамова Прасковья Павловна — Күн Чүүйэҕэ аналлаах «Кыайыы кыыһын алгыстаах аартыга» 4-с төгүлүн ыытыллар улуустааҕы аһаҕас уус-уран ааҕыыга күөн-күрэс үрдүк таһымҥа ааста.
