Саҥа дьаһалта дьиэтин үөрүүлээх аһыллыыта
Тохсунньу 21 күнүгэр Ходоробут нэһилиэгин дьаһалтатын саҥа дьиэтин арыллыыта буолла. Бу үөрүүлээх тэрээһиммитигэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов, улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, нэһилиэк баһылыктара эҕэрдэлээн бардылар. Аҕа баһылыкпыт нэһилиэк үлэһит дьонугар махталын тиэртэ.











